Перейти к содержимому
Обложка трека Баардаах — Askalonidzo
3:45

Трек

Askalonidzo Баардаах

Сингл · 2024 · Поп, Вокал

Скачать

Текст песни

Өбүгэ оҕото төрөөммүн үөскээммин
Саха уола буоламмын туойабын ыллыыбын
Инним диэки хардылаан
Сир кылыс ньуурунан
Ньургун боотурдуу буолан
Ойон тэбэн кэллэҕим
Килбэйэн киэргэнэн
Батаһым батыйам былааҕым
Көмүскүүр харыстыыр

Уоттаах баардаах курдаах быhахтаах ол эн
Баардаах кыахтаах дьиҥ ханнаах ол эн
Айылҕаттан хайҕаллаах ол эн
Эйгэттэн эйэлээх ол эн
Дугда хахха буола кэлбит ол эн
Куйаартан уйдаран кэлбит ол эн

Сир дойду кэскилэ охтубат быстыбат
Түһүлгэттэн түмсэллэр көрсөллөр үөрсэллэр
Ситимтэн сиэттэрэн салама баайаллар
Алгыстан арчылаах буолаллар олоххо Сылдьаллар көтөллөр сырдааннар көстөллөр
Тэтиммит этиҥнии этэрин истэллэр
Тэҥҥэ тэптэрэн дьиэрэнкэй тэбэллэр
Дьөһөгөй үнкүүтэ дьүкээбил уотугар

Уоттаах баардаах курдаах быhахтаах ол эн
Баардаах кыахтаах дьиҥ ханнаах ол эн
Айылҕаттан хайҕаллаах ол эн
Эйгэттэн эйэлээх ол эн
Дугда хахха буола кэлбит ол эн
Куйаартан уйдаран кэлбит ол эн

Уоттаах баардаах курдаах быhахтаах ол эн
Баардаах кыахтаах дьиҥ ханнаах ол эн
Айылҕаттан хайҕаллаах ол эн
Эйгэттэн эйэлээх ол эн
Дугда хахха буола кэлбит ол эн
Куйаартан уйдаран кэлбит ол эн

0:00 0:00