Текст песни
Миигин кытары бүгүн түүҥҥү сулустаах киэhээ
Күүлэйдии тахсыах бу киэһээ
Оргуй ытыстаргын сиэтэн тулалыыр эйгэм
Күөҕүнэн тыллар мин эйгэм
Хас сарсыарда аайы эйигин санааммын
Халлааҥҥа көтөбүн мин дьолбуттан
Көрдөһөбүн эн истий тылларбын истиий
Хас күнүм аайы эйигиттэн тыган
Олоҕум кэрчигин уһатан
Эйигиттэн биири ыйытыам ду диэммин
Халлааны көрөн тураммын кэтиибин
Сэгэр билэҕин мин уларыйабын
Эн эрэ аттыгар буолларбын
Сылаас сыһыаҥҥыттан мин ууллабын
Илиибин утары уунабын
Күүлэйди барыахха бу киэһээ
Айылҕа кэрэтин көрдөр эн миэхэ
Таптыыр ырыабытын истиэххэ
Сэрэнэн сэрэнэн сиэттиһиэххэ
Хас күнүм аайы эйигиттэн тыган
Олоҕум кэрчигин уһатан
Эйигиттэн биири ыйытыам ду диэммин
Халлааны көрөн тураммын кэтиибин
Олоҕум киэргэлэ эн тапталыҥ миэхэ
Сүрэҕим эрэлэ сыһыаммыт биһиэнэ
Таптаа, ханна да буолларгын эн миигин таптаа
Ыллаа, ханна да буоллун эн миигинниин ыллаа