Текст песни
Сабыылаах харахтаах
Суолбун мин көрбүт киһи
Үктэнэр тирэнэр
Сирим түгэҕэ баар ини
Билигин эрэ тыыннаахпын
Билигин эрэ ыллыыбын
Туох күүтэрэ буолуой сарсын
Барыта дьиҥнээх эбэтэр албын
Харыстаа бу баары
Таптаа ду бу баары
Бу барыта биир кэмнэ
Бу барыта биир түгэн
Өйдөөн халыам этэ
Мин муһуом да этэ
Бу олохпут күрэх
Өстөөҕүм бириэмэ
Сылайар элэйэр
Түгэни сүгэн иһэн
Билэбин күүтэргин
Дьоллоох мин бэйэбин
Билигин эрэ тыыннаахпын
Билигин эрэ ыллыыбын
Туох күүтэрэ буолуой сарсын
Барыта дьиҥнээх эбэтэр албын
Күүс буол миэхэ
Сарсыҥҥы үүнэр күҥҥэ
Сүүстэ киирсиэм
Биирдэ кэлэр олоххо
Күүс буол миэхэ
Күүс буол миэхэ
Күүс буол миэхэ
Харыстаа бу баары
Таптаа ду бу баары
Бу барыта биир кэмнэ
Бу барыта биир түгэн
Өйдөөн халыам этэ
Мин муһуом да этэ
Бу олохпут күрэх
Өстөөҕүм бириэмэ