Обложка трека Саха тыына — TUNALQAN feat. Дьулустаан Никифоров
4:23

TUNALQAN feat. Дьулустаан Никифоров Саха тыына

Альбом · Саха Тыына · 2024

Скачать

Текст песни

Таас хайа анныгар
Олбоххо олорон
Инники олохпун
Ырытан ылабын

Айылҕалыын алтыһан
Сэниэ күүс эбинэн
Сүрэҕим долгуйар
Сүргэбин көтөҕөр

Халлааҥҥа хотугу
Сулуһу батыһа
Мин ыра санаабын
Ырыанан тиэрдэбин

Айыы аймах эстибэтин туһугар
Ийэ тылбыт суппэтин туһугар
Үрдүкү күүстэрбиттэн
Үҥэн сүктэн эрэбин

Хомус дьиэрэйэр тыаһа
Сүһүөхтэрбинэн киирэр
Сүрэх тэбиитин күүһүрдэн
Саҥалыы тыыны иҥэрэр

Саха саҥата иһиллиэ
Аҕаттан оҕоҕо бэриллиэ
Тылбыт нөҥүө тэнийиэ
Уҥуордуо үйэлэри

Тоҕус халлааны курдары
Ырыабытынан дайабыт
Олоҥхоҕо олорсон
Саха тыынынан сайабыт

Айыы аймах эстибэтин туһугар
Ийэ тылбыт суппэтин туһугар
Үрдүкү күүстэрбиттэн
Үҥэн сүктэн эрэбин

Саха диэн - мэҥэ аат
Саха диэн - сэдэх аат
Сахаттан арахпат суох буолбат
Саха диэн - сүдү аат
Саха диэн - күндү аат
Бу сиргэ хаһан да сууллубат

Сахаҥ аатын өрө тут!
Киэҥ тутун туругурт

Айыы аймах эстибэтин туһугар
Ийэ тылбыт суппэтин туһугар
Үрдүкү күүстэрбиттэн
Үҥэн сүктэн эрдэҕим

0:00 0:00