Текст песни
Һуу-һаа! Эһэ иһэр!
Һуу-һаа! Сиэри иһэр!
Алын айах алдьархайа,
Атын ааттаах адьырҕата
Айыы аймах айылҕатын,
Уһун удьуор уйулҕатын,
Сүдү сүрдүүр харысхалын -
сиэмэх сиэмэ урусхаллыыр.
Сэрэх сэмэ олохсуйар,
Сүрэх сиэрэ эмэхсийэр.
Абааһы аһыыр-сиир!
Ыһыллар кыа хаан-сиин!
Дьэ-буо!
Дьаабы!
Киһибин үһүбүн!
Кэбиһиий, эһэбин!
Өлөрөбүн-өһөрөбүн,
Оҕолорбун кэһэтэбин!
Аһыыларбын ардьатабын,
Ойуурдары алдьатабын.
Ойууннары аччатабын,
Адьарайбын көччүтэбин.
Абааһы аһыыр-сиир!
Ыһыллар кыа хаан-сиин!
Дьэ-буо!
Дьиҥ бу!
Эһээ Ньыыкан тилиннэрдэ,
Күүһү-уоҕу тылыннарда!
Ойуун ууһа иитэр или,
түмэр төрүт итэҕэли!
Мандар эһээ харыстаата,
Ойуу-оһуор күрүөлээтэ!
Иһи-таһы ыраастаата,
Саха көхсө кэтирээтэ!
Айыы буолла!
Эйэ буолла!
Комментировать