Текст песни
Самаан сайыны атаарарга мин бэлэммин
Кутаа уота, гитара тыаһа, күн көрсүүтэ
Тугун кэрэтэй!
Доҕотторбун кытары үрдүбэр ыраас халлаан
Үрүҥ түүннэри көтүпэккэ кэрэ кэми хабаары
Билигин мин эдэрбин иннибэр кэрэ кэскил
Билигин мин эдэрбин барытын ситиһэбин
Доҕотторбун хомуйан биһи ыллыыбыт бу ырыаны
Сайыҥҥа мин бэлэммин
Эн бэлэмҥин ду этиий (Yeah)
Оччоҕуна, бу тэтимҥэ уйдарый
Самаан сайын
Кэрэ кэскил
Сылаас күннэр
Эйиигин күүтэллэр
Самаан сайын
Кэрэ кэскил
Сылаас күннэр
Эйиигин күүтэллэр
Сайыҥҥы күннэр эмиэ үүннүлэр
Биһиэхэ анаан эмиэ үрүҥ түүннэр
Бу киэһэ түгэни уһата
Тахсыаххайын ол сырдык халлааҥҥа
Сайыҥҥы күннэр эмиэ үүннүлэр
Биһиэхэ анаан эмиэ үрүҥ түүннэр
Бу киэһэ түгэни уһата
Тахсыаххайын ол сырдык халлааҥҥа
Сайыны ахтаммын, кыһыммын атаарабын
Күн бүгүн сылаас, мин дууһам ыраас
Арай мин тулабар, ырыа чыычаах ыллаан барда
Кинини кытары, бу ырыам тэҥҥэ ылланар!
Тымныы кыһыммыт кэнниттэн
Биһиэхэ кэлэр самаан сайыммыт
Сүтэбин мин түүннэри
Ахтар этим массыынаны
Түүҥҥү айан, дьокуускайбыт утуйбат
Сайыҥҥы үрүҥ түүннэрбит биһиэхэ анаан
Сып-сылаас сырдык күннэр сылыталлар, ыҥыраллар
Бу сайыммыт биһиэхэ эрэ анаан!
Самаан сайын
Кэрэ кэскил
Сылаас күннэр
Эйиигин күүтэллэр
Самаан сайын
Кэрэ кэскил
Сылаас күннэр
Эйиигин күүтэллэр
Сайыҥҥы күннэр эмиэ үүннүлэр
Биһиэхэ анаан эмиэ үрүҥ түүннэр
Бу киэһэ түгэни уһата
Тахсыаххайын ол сырдык халлааҥҥа
Сайыҥҥы күннэр эмиэ үүннүлэр
Биһиэхэ анаан эмиэ үрүҥ түүннэр
Бу киэһэ түгэни уһата
Тахсыаххайын ол сырдык халлааҥҥа