Текст песни
Ол ыраах көстүбэт урсуҥҥа дуорайа
Киэҥ куйаар дойдуга көтүһэ дуоһуйа
Олоҥхо тойуга иһиллэр доргуйа
Үйэни уҥуордаан ыраахтан угуйа
Устар уу сомоҕо номоҕор кыттыһа
Оһуордаах мандардаах ырыаҕа суулаһа
Илгийэр сүмэлээх тыллара субуһа
Көтөллөр алыптаах тойуктар солбуһа
Ол ырыа илбистээх иччилээх дуораана
Үөһэттэн кутуллар дьиктилээх дорҕооно
Ааспыт кэм аартыгын сэрэнэн силэйдэ
Өбүгэм илдьитэ алгыстыы дьиэрэйдэ
Бу маннык түгэҥҥэ турабын долгуйан
Кынаттаах ырабар көтүһэ талбааран
Истэбин бу тыыннаах илдьити манньыйан
Ахтылҕан биһигэр бүгэбин ууллуһан