Текст песни
Турарыҥ киэһээҥҥи чуумпуга
Турарыҥ санааҕар куустаран
Киирэр күн кытархай көстүүтэ
Ол онно эн дууһаҥ иэйиитэ
Туолбатах ол дьикти ыралар
Санааҕар кэтэһэр курдуктар
Эн тоҥуй сүрэххин долгутан
Эн курус санааҕын туталлар
Туолбатах ыралар
Санааҕын туталлар
Мин эмиэ эн курдук ардыгар
Турабын чуумпуга ылларан
Абылыыр киэһээҥҥи саҕахха
Кытылга мунчааран хаамарыҥ
Ол курдук туолбатах ыралар
Бу киэһээ миэхэҕэ үүннүлэр